|
||
Новый номер |
||
№4(18) октябрь 2006
"На обиженных воду возят" |
||
|
||
Архив |
||
|
||
О газете | ||
|
||
Якутские шрифты | ||
|
||
Ссылки | ||
|
||
Гостевая книга |
|
||
Икки сыллаа±ыта, Бµлµµ тыатыгар ЛікічііІІі онус кылааска µірэнэ сырыттахпына, Дмитрий Кононович уонна Надежда Семеновна миигин СаІа дьылга Москва±а ыалдьыттата ыІырбыттара. Ол са±ана ийэм Бэс Чагда±а кинилэргэ олорон, СаІа Кэс Тылы бэчээккэ бэлэмниирэ. Икки сыл кэриІэ кірбітіх ийэбин олус ахтарым гынан баран, халлаан тымныыта бэрт буолан, эґэлээх эбэм ыыппатахтара. Онтон саас, каникулум кэмигэр, Москва±а хара±ын эмтэтэ барар эґэбин Леонтьев Афанасий Ивановиґы кытта босхо барсыбытым. Дмитрий Кононович, маІнай кірсірбµтµгэр, миэхэ илиитин уунан баран, сµрдээх эйэ±эстик: «Каайа, Каайа, µчµгэй Каайа!» — диэн ыллыыр быґыылаахтык эппитин хаґан да умнубатым буолуо. Кини куруук кµлэ-µірэ, сырдыы сылдьарын ійдіін хаалбыппын. Эґэм а±ыйах хонукка санаторийга сынньана сылдьан, Дмитрий Кононовичтыын ірµµ кірсір, сэґэргэґэр этэ. Иккиэн булчут дьон буоланнар, тыл аІаарыттан ійдіґіллірі. Тіннірбµт чугаґыгар мин Дмитрий Кононовичтан, Бµлµµ улууґун «Олох суола» хаґыатыгар анаан, кыра интервью ылбытым. Ыйытыыларбын киниэхэ суруйан биэрбитим, онуоха кини, уталыппакка, эмиэ суругунан эппиэттээбитэ. Ону бµгµн эґиги, «Логос» хаґыат аа±ааччыларын, бол±омто±утугар таґаарабын. |
Кая
(София) Леонтьева,
ФЭИ 1 курсун студентката |
—
Дмитрий Кононович, Эн олоххор
саамай туохтан µірбµккµнµй?
— Уон алта сааспар (1922 с.) убайым Иван
Харитонович Сивцев, 굴µн
«Кутту» диэн µрэххэ со±ото±ун оттуу
сырыттахпына, сурук ыыппыта: «Миитэрэй,
куоракка киирэ о±ус. ҐірэниэІ, мин олорор ыалгын буллум», — диэн. Онно олус
µірбµтµм.
— Оттон
туохтан саамай хомойбуттааххыный?
— 1937 с. сэтинньи
4 кµнµгэр миигин тµрмэ±э илпиттэрэ. Хайдах
бу туох да буруйа
суох киґини хаайалларый диэн, онтон олус хомойбутум.
— Киґиэхэ саамай ханнык хаачыстыбаны сібµлµµгµнµй?
— Сымыйалаабат, кырдьыксыт кіні
киґини.
— Хайгыыр кинигэІ ханныгый уонна таптыыр суруйааччыІ
кимий?
— Таптыыр кинигэм — Библия. Таптыыр суруйааччыларым Пушкин, Толстой уонна
Шекспир.
— БэйэІ суруйууларгыттан хайаларын ордук сібµлµµгµн?
— «Ньургун Боотур» олоІхоттон оІоґуллубут опера либреттотын.
— Инники іттµгэр туох
былааннааххыный?
— БµгµІІµ
кµннээ±и эдэр ыччат оло±уттан киносценарий суруйар ба±алаахпын.
— Мин
«Аанчык» диэн кэпсээІІин сібµлээн
аахпытым. Аанчык сэмэй, сымна±ас
быґыылаах-майгылаах. Кини
эн идеалыІ дуо? Олоххо итинник кыыґы кірбµтµІ
дуу, биитэр БэйэІ
айбытыІ дуу?
— Аанчык — саамай таптыыр, аґынар уобараґым. Саха кыыс о±олорун дьыл±аларыттан
мунньуулаах гынан баран, ійтін кыра оІоруулаах реальнай уобарас.
— Эдэр кыыска саамай ханнык
хаачыстыбаны сібµлµµгµнµй?
— Холкуну, номо±ону, кірсµінµ, ис-иґиттэн сэмэй эйэ±эґи, ійдііхтµк-тійдііхтµк
туттары-хаптары, бэйэтин чілµн кытаанахтык харанары, киэргэмсэ±э суо±у, куруутун
барытыгар ырааґы.
—
Эн Лікічіін
туґунан кэрэхсээн истэргин мин бэлиэтии кірдµм. Туохтан
маІнай интэриэґиргээбиккиний?
— Уруккута кыра, µрэх баґа сир эрээри, бэрт муударай, µтµі санаалаах дьоннордоо±ун истэммин
уонна билигин булугас
ійдііх, бар дьон диэки µтµі санаалаах,
эрчимнээх итиэннэ
талааннаах ыччаттардаа±ын билэммин.
— Дмитрий Кононович, эдэр ыччакка Эн
тугу сµбэлиэІ этэй?
— Эдэр саас маІнайгы кылаастан
µрдµк µірэ±и бµтэриэххэ диэри барыта µірэххэ, билиини-кірµµнµ
µксэтэргэ, эти-хааны, доруобуйаны чэбдик оІорорго, µрдµк µтµі санааны
тутуґарга,
ийэни-а±аны, бар
дьону, айыл±аны таптыырга-харыстыырга, эІкилэ суох майгыннанарга
ананар. О±о, эдэр
киґи куґа±аны
тугу да оІоруо суохтаах, арыгыны, табаа±ы, атын да
сµлµґµннээ±и тугу да сиэ-аґыа суохтаах, эт-хаан имэІириитин кыатаныахтаах, ис
сµрэхтэн ыраас, µрдµк буоларга, о±олонор дьолу булар дириІ тапталга
тиксэргэ, ТаІара
µірэ±ин тутуґарга дьулуґуохтаах, кини оччо±о µйэтин тухары
µірэ-кіті олоруо±а. Мин
ба±ам, алгыґым итинник.
Кулун тутар ый, 2004 с.