|
||
Новый номер |
||
№4(18) октябрь 2006
"На обиженных воду возят" |
||
|
||
Архив |
||
|
||
О газете | ||
|
||
Якутские шрифты | ||
|
||
Ссылки | ||
|
||
Гостевая книга |
|
||
Ама
сибэтиэй сиргэ сылдьыан баєарбат, ханнык эмэ православнай христианин баар
буолуо дуо? Икки сыллааєыта тохсунньу 15 кјнјгэр преподобнай Серафим Саровскай
таЅаралаабытын (1833) уонна сибэтиэй уЅуохтарын (мощиларын) иккис ууруутун
(1991) быраа»ынньыгар литургияєа Никольскай соборга турбутум. Ол туран,
дьиктини оЅорооччу сибэтиэйгэ, Дивееваєа ыалдьыттыы, барыахпын кјјскэ
баєарбытым! Тута киниэхэ јЅпјтјм. Ыалдьыттаа»ынтан тугу да чуолкай
кјјппэт этим, холобур, эмтэнэн јтј№рэри.
К№нн№рј сибэтиинньэни к№рд№рбјн, сибэтиэй миэстэ јтј№ илгэтин чувствуйдаатарбын
диэн баєарарым. ©сс№ сулууспаєа баран и»эн, сэрэйэ санаабытым: Бјгјн туох эрэ
буолуохтаах. ©ск№тјн туох эмэ бэлиэ Серафим батюшкаттан билиннэєинэ, булгуччу
барыам. Владыка Герман алгы»ын биэрэригэр, миэхэ улахан ТаЅара сулууспатын
просфоратын биэрэн со»утта. Бу јЅјјбэр сибэтиэй эппиэтэ, ол аата Дивеевалыыр
буоллум дии санаабытым.
Батюшка
Серафим кырдьык к№м№л№спјтэ.
2003 сыл
сайын мин Дивееваєа Свято-Троице-Серафимо Дивеевскай манастыырга ыытыллыбыт
преподобнай Серафим сибэтиэйдэр ахсааннарыгар киллэриллибитэ 100 сылын
туолуутугар анаммыт, духовнай быраа»ынньыкка сылдьар дьолго тиксибитим.
Мин онно
коляскаєа олорор уон јстээх кыыспын Машаны илдьэ, архиерейскай хорга ыллыыр,
Паша диэн эдэр саха кыы»ынаан барбыппыт. Бу би»иги сибэтиэй сирдэринэн бастакы
сырыыбыт этэ.
Москваттан
Арзамас куоракка поезд сарсыарда эрдэ кэлэр. Дивеевалыыр автобус тимир суол
вокзалыттан бы»а барар эбит. Автобу»унан икки чаас айанныырбыт устатыгар айылєа
кэрэ к№стјјлэрин кэрэхсээн одууластыбыт. Сэлиэнньэлэр утум-ситим элэЅнэ»эн
аа»аллар.
Хас
сэлиэнньэ аайы кэриэтэ улахан таас Церковьтар бааллар, сорохторо саЅардыллан
эрэллэрэ.
Серафимо-Дивеевскай
манастыырга чуга»аан и»эн ханнык эрэ ураты ј№рјј сјрэхпитин толорбута,
барыбытыгар симик долгуйуу к№ст№р№. Ыраас халлааЅЅа к№мјс куполлар кустуктуу
кјлјмнјјр уоттара, кјн бјгјЅЅэ диэри, харахпар баар.
Дивееваєа
кэллибит! Бу православнай итэєэллээх дьон барытын сјрэєэ тарды»ар сибэтиэй
сирэ.
Сэлиэнньэ
бјтјннјј кј№х јјнээйинэн сабыта јјммјт, кјн-дьыл олус јчјгэй, салгын ып-ыраас,
чэгиэн-чэбдик.
Би»иги
кэлээт да, супту Преподобнай Серафим Саровскай
мощилара ууруллубут Свято-Троицкай
Соборга барбыппыт. Киирэргэ уочарат улахан этэ даєаны, би»игини инвалид
оєолоохпутун к№р№н, уочарата суох а»арбыттара.
Долгуйуу, ки»и сатаан эппэт этэ. Тоєо диэтэххэ, ТаЅара
сибэтиэйдэрин мощиларынан би»иэхэ Бэйэтин јтј№ илгэтин уонна алгы»ын биэрэр. Бу
сибэтиэй Серафим мощилардаах ракаєа дириЅник сјгјрјйэн, Быы»ааччыбыт Иисус
Христос алгыс биэрэр баастаах илиитин курдук, ыарытыннарымаары сэрэнэн
уураатыбыт. Буортуйбат мощилар аттыларыгар туран, №лјј суох, сибэтиэйдэр
тыыннаахтар, би»иги туспутугар јЅэн би»игини харыстыыллар диэн чувствуйдуугун.
Ити курдук, би»иги дуу»абытынан сырдааммыт манастыыртан тахсыбыппыт.
Хонор сири к№рд№№бјппјт. Хата хонор сири булар судургу
эбит. Ыйынньык таблица элбэх, онон эрэйдэммэккэ паломниктар центрдарын булан,
хонук сири анатан, №сс№ босхо а»ылыкка талон биэрбиттэрэ. Олус элбэх
коляскалаах инвалид кэлбитин јрдјнэн јтјрј»јј, анньы»ыы олох суоєа. Ханна
баєарар эйэ дэмнээх сы»ыан тулалыыра. Сулууспаєа ки»и т№»№ баєарар холкутук
туран јЅэр кыахтааєа. Кјн аайы эрдэтээєи уонна хойукку Литургиялар буолаллара,
акафистары ааєаллара, онно мустубут дьон бары ыллыыр этилэр. Бэрээдэєи јгјс
элбэх милиционердар к№р№лл№р№, кинилэр ураты иллээх-эйэлээх дьон мустубуттарын,
к№р№н с№хпјттэрэ.
Би»иги кэлээт да сылдьыбыт Троицкай Соборбут, ытык мааны
дьј»јнэ олус диэн с№хт№рбјтэ. И»инээєи киэргэлэ јчјгэйиэн! Иконаларга јгјс
элбэх ки»и ис сјрэєиттэн јЅэн-сјктэн, ТаЅара алгы»ынан илгийэ турара, уонна
оннооєу аєабыыттар, ыллыыр-ааєар молитвалара ки»и дуу»атыгар ордук и»ирэх,
сјрэєи таарыйар. Якутскайга итинник ыллыыры владыка Герман, иеромонах Адриян
сулууспаларыгар истибитим.
Преображенскай ТаЅара Дьиэтэ сиргэ баарга туохха да
майгыннаабат, субу халлааЅЅа к№т№н тахсыах курдуга. Онно аан бастаан
киирбиппэр, миигин кыра инвалид кыыс оєо, ј№рэн ыты»ын та»ыммытынан, к№рсјбјтэ.
Кэлин кини мааматыттан билбитим, кыысчаан миигин, азиат дьј»јммјнэн бэйэтин
омугар ылынан, ј№рбјт этэ. Ону та»ынан азиат дьј»јннээх, биир эр ки»ини
к№рбјтјм. ©сс№ Дивеево послушницатын, баєар э»иги биир дойдулааххыт буолуо
дииллэрэ. Би»иги курдук омуктар, онно аєыйахпыт, олус курус этэ. Ыары»ах
кыысчаан Аня хайдах курдук ј№рбјтэй! Санаан к№рјЅ, оттон Аанньаллар т№»№
ј№рэллэрэ буолуой?.. Ол эрээри, онно дьј»јнјнэн к№р№н араарыы суох этэ.
Православнай итэєэллээх дьон – ураты дьон. Тулабар билбэт дьонум, ыары»ах оєолоохпун
к№р№н, уоскуталлара, сорохтор бокулуоннаан аа»аллара, оннооєор аєабыыттар.
ТаЅара тулууру биэрдин диэн алгыыллара, тугу кыайалларынан к№м№л№»№ сатыыллара.
Элбэхтэр тугунан эмэ к№м№л№»№ сатаабыттара, харчыннан да. Ханна барытыгар
истэрим: "Терпения тебе, родная".
Би»иги бу манастыыры олохтообут, бастакы игумения
Александра источнигар бара сылдьыбыппыт. Онно купальня эркинигэр иконалардаах,
ки»и молитвалаан баран, сибэтиэй ууга киирэр. Молитвата суох, ки»и кыайан да
киирбэт, уу муустаах курдук, тыбыс-тымныы. Ууттан таєыстаххына, бјтјн бэйэєэр
сылаас саба биэрэр, дуу»аЅ ыллыыр, чэпчээЅЅин дайа сылдьар курдуккун. Уу
аттыгар, би»иги коляскаєа олорор, подрясниктаах ки»ини к№рбјппјт. Источниктан
ууну биэдэрэннэн ба»ан аєалан биэрэллэрин, кини хомуо»унан ба»ан, дьону сирэйгэ
ы»ара. Би»иги к№р№н турдахпытына, дьиги»иппитинэн дьонтон ку»аєан тыын тахсара.
¬кчј Библияєа суруллубутун курдук.
Онтон автобу»унан Цыгановка диэн сэлиэнньэєэ Серафим
Саровскай кј№лјгэр сылдьыбыппыт. Кј№лгэ аттыгар часовнялаах, купальнялаах.
Кыыспын ууга киллэрэрбэр, аквалангист к№м№л№спјтэ. Онно эмиэ абаа»ы буулаабыт
дьонноро бааллара, хас эмэ т№гјл ууга киирдэхтэринэ, ку»аєан тыын тахсар этэ.
Би»иги ууттан тахсааппытын кытта, эмискэ курулаччы ардах
тјспјтэ. Мин кыыспынаан таЅаспыт бјтјннјј илийбитэ. Киоскаєа атыылыы турар кыыс
миэхэ бэйэтин кофтатын устан кыыспын саптара биэрбитэ уонна ардах аа»ыар диэри
кыыспын киоскатыгар уктарбыта. Паша буоллар, ол бириэмэєэ ардах да курулаттар,
сыркы ууга харбыы сылдьыбыта. Ардах бјтээтин кытта, Курск куораттан кириэстээх,
чудотворнай иконалардаах дьон, сатыы хааман кэлбиттэрэ. Кинилэр кј№л аттыгар
акафист аахпыттара. Мин кыыспынаан иконалары уураабыппыт. Кэлбит дьон би»игини
Курскайга кэлээриЅ диэн ыЅырбыттара. Дивееваєа т№нн№рбјтјгэр, автобус атын
суолунан баран, би»иги паломниктар палаткалара бјтјн куорат буолбутун
к№рбјппјт. Автобуспутугар айаннаан и»эн, быыстала суох "Богородица Кыыс, ј№р-к№т...",
– диэн молитваны ыллаабыппыт.
Кэлин би»иги №сс№ Богородица Иверскай, Казанскай
иконаларын аттыгар јрјйэлэргэ сылдьыбыппыт.
Казанскай икона јрјйэтин
аттыгар сибэтиэй эмчит Пантелеимон сыркыта баара. Ханна да тиийдэрбит оєом
би»иккини уочарата суох киллэрэн, кыыспын ууга тј»эрсэн биэрэллэрэ.
Би»иги
№сс№ бу манастыырга олорон ааспыт, јс игумениялар сибэтиэй Александра, Елена
уонна Марфа мощилара баар храмЅа сылдьыбыппыт. Онно сылдьан, долгуйаммын, туох
баар харчылаах, докуменнардаах суумкабын умнан кэбиспиппин. Т№ннјбјтјм, хата
суумкам хаалларбыт сирбэр этэ. ¬№рэммин, сибэтиэй дьахталлар иконаларын
атыыласпытым. Кинилэр алгыстара суох, барар кыаєым суоєа.
Саровскайдааєы
блаженная Паша уЅуоєар би»иги №р тохтообуппут, онтон ки»и барыан баєарбат.
Аєабыыт алгы»ын ылан баран, ити сиртэн сибэтиинньэ буор ылбытым.
Юбилей
буолара икки кјн иннинэ, Преподобнай Серафим уЅуоєун кириэстээх арыалла»ан
хааман, сатыы Саров куоракка илдьибиттэрэ. Бу с№єјмэр улахан турунуу этэ. Хас
эмэ ты»ыынчаннан ки»и мустан бары биир санааннан ТаЅараны итэєэйэн, айхаллаан,
уостарыттан молитваны тј»эрбэккэ, Кини сибэтиэйин айхалыыллар. Би»иги кинилэр
сорєолоро буоларбытын санаан, сјрэхпит Паасха ј№рјјтјнэн туолбута. Преподобнай
тыыннааєар дьону барытын: "Христос воскресе, радость моя", – диэн
этэрин №йд№№н кэлбиппит. Би»иги ол быы»ыгар Саха сиригэр олоро сылдьыбыт Попов
Александры билсибиппит. Кини Дивееваттан чугас Тумботино сэлиэнньэєэ олорор.
Би»иги аєабыыттарбытын билэттиир. Александр саха дьонун к№р№н, олус ј№рбјтэ.
Кини Курскайга сылын ахсын тиийэн, сатыы, кириэстээх хаамсан, Дивееваєа кэлсэр
эбит. Э»иилги сылга кириэст ээх хаамсан, кэлээриЅ диэн ыЅырбыта. Мин кыыспынаан
Саровка кыайан барбатахпыт.
Быраа»ынньык
иннинэ, киэ»э элбэх дьон, Свято-Троицкай собор аттыгар кирэстээх хаамыы кэлэрин
кэтэспиттэр. Соборга ки»и хайдах да гынан, кыайан киирбэт этэ. Ол эрэн, оєом
коляскалааєын к№р№н, икки №ттјттэн №р№ к№т№є№н, дьон и»ирдьэ киллэрбиттэрэ.
Би»иги собор и»игэр, холкутук Преподобнай Серафим уЅуоєун т№тт№рј аєалалларын,
кэтэспиппит. Би»иги телеоператордар аттыларыгар турбуппут, уулуссаєа улахан
экраЅЅа трансляцияны оЅорбуттара. Би»иги Пашабыт кыы»ым Маша куола»ын истэн
ј№рбјт: "Кинилэр
онно эбиттэр"
– дии санаабыт.
Аркыырайдар
санныларын јрдјгэр хоруоптаах мощилары уурунан, эрдэ кэлбиттэрэ. Арай би»иги
Архиепископпыт Герман кинилэри кытта хоруобу сјксэн бу и»эрэ. ¬№рдэхпитиэн:
БИ«ИГИ владыкабыт... Преподобнайдыын к№рс№р сибэтиэй тјгэн јјннэ...Долгуйуулаах
јЅјјлэр саєаланнылар. Т№»№ да ки»и элбэєин јрдјнэн, сулууспа ТаЅара илгэлээх
барбыта, харах уута ардах курдук саккыраата.
Кэлин
к№рбјтјм: норуоту ракаєа анал кјрј№-хахха н№Ѕј№ чуга»аталларын. Би»игини сотору
ракаєа киллэрбиттэригэр, бјк тј»эн, уураабыппыт уонна добуоччу бириэмэєэ хахха
анараа №ттјгэр турбуппут. Онно Преподобнай иконатын кытта бэйэбит эрэ буола
тјспјппјт – би»иэхэ дуу»абытыгар чэпчэки уонна сылаас этэ.
Быраа»ынньык
литургията а»аєас халлаан анныгар буолбута. Преображенскай храм иннигэр
туруоруллубут алтаарга сулууспаны Святейшай Патриарх Алексий II бэйэтэ
уонна Архиерейскай Собор бјттјјн ыыппыттара. Тас дойдулартан элбэх ыалдьыт
кэлбит этэ. Би»иги ыраах турбуппут да буоллар, экраЅЅа барыта к№ст№р№. Би»иги
онно кыайан киирбэтэхпит. Ки»и хара ба»аам этэ да буоллар, ким исповедь оЅоруон
баєалаах барыта оЅорбута, ол курдук аєабыыттар да элбэхтэрэ. ТаЅараєа тиксиэн
(Сибэтиэй Причастиеєа) баєалаах, бары тиксибиттэрэ.
Мин оєобун, коляскаєа олорорун ыраахтан к№р№н, икки
митрополит, хас да архиепископ алєаан, бэйэм эмиэ јрдјк алгыска тиксибитим.
Барытын ки»и кыайан кэпсээбэт. Мин №йб№р уонна сјрэхпэр
дириЅник хаалла Дивеево, ордук сибэтиэй канавканнан хаамыыбыт. ¬рдјк алгыстаах
Богородица Хотуммут ыраастан-ыраас уллуЅахтарынан јктэммит сиринэн
(канавканнан) хаста да хаампыппытын №йд№№б№ппјн, №йдјјбјн јЅэрбин уонна аттыбар
Богородица баар курдугун.
Соторутааєыта Москва Свято-Данилов манастыыр бырааттара
би»иги епархиябытыгар Серафим Саровскай олоєун бјтэ»ик сыллардааєы портретыттан
уру»ууйдаммыт, чудотворнай иконатыттан устуллубут список иконаны
бэлэхтээбиттэриттэн олус ј№рэбин. Ол икона билигин Преображенскай храмЅа турар.
Кини списоктарыттан элбэх сирдэргэ дьикти јтј№рјјлэр буолбуттар. ТаЅара биэрдэєинэ,
Дьокуускайга да, батюшка Серефим јЅјјлэринэн, ким эмэ бэйэтин эт-хаан уонна
духовнай бодоЅурууттан јтј№рј№. Владыка Герман саЅа сулууспаєа ананан,
Курскайга барарыгар би»игини Преподобнай Серафим иконатынан алєаабыта. Тоєо эрэ
миигин Курскайга ыЅырбыттара. Баєар, онно бара сылдьарга тиксиэм. Онон би»иги
бары Серафим Саровскай курдук кјјстээх јЅээччилээхпит. Преподобнай аєабыт
Серафим, би»иги туспутугар ТаЅараттан к№рд№с.
Валентина РОМАНОВА.